ЭССЕ
                                 

         Билинни  µірэхтээьин сыала-соруга – общество5а, олоххо бэйэтин миэстэтин таба булунар сатабыллаах   киґини иитии.  О5о ийэтин иґигэр µіскµі5уттэн  тіріібµт ийэ тылыгар бигэтэн улаатар. Тіріібµт тылын   толору баґылаабыт киґи санаатын сааґылаан саІарар, ситимнээн суруйар, олох  µтµі сайдыытын кэбэ5эстик ылынар. Кини  толкуйа дириІ, санаата киэІ буолан, инники оло5ор µірэх сатабылларын таба туґананан, суолун булунарыгар тыл суолтата, кууґэ  улахан  дии саныыбын.  Ол иґин  тіріібµт тыл уонна литература учууталыгар улахан  сыал-сорук турар, эппиэтинэс сµктэриллэр.    

Кэтээн кірдіххі, кэлиІІи  кэмІэ о5о тіріібµт тылын билиитин таґыма намтаан иґэр. Ол курдук, тылын саппааґа  дьадаІы, бэйэтин санаатын сахалыы сатаан сайа эппэт,суруйбат. Бу кістµµнµ билиІІи уонна урукку  µірэнээччилэрбит саІаларын,  ійтін суруйууларын да тэІнээн кірдіхпµтµнэ, кірµіхпµтµн сіп. О5о тылын баайын дьадайыытын сµрµн тірµіттэринэн  саха тыла  атын омук тылынан «киртийиитэ», компьютер, телевизор, интернет кинигэни, сахалыы  ирэ-хоро кэпсэтиини солбуйуута буолар. Тіріібµт тыл сµппэтин-оспотун, симэлийбэтин туґугар тіріппµт, детсад иитээччитэ, учуутал бииргэ алтыґан ситимнээхтик улэлиэхтээх.

Оскуола5а о5о тіріібµт тылын баґылыырын ситиґэр туґуттан, кэрэхсэбили µіскэтэр сыалтан маннык санаанан салайтарыахха 

сіп:

 1. О5о5о  алын  кылаастан са5алаан тіріібµт дойдутунан, тылынан, норуотун култууратынан киэн туттар санааны µіскэтии;

         2. Тылга, култуура5а µірэтэр уонна иитэр улэни ситимнээн ыытыы;   

         3 О5о5о  кэрэхсэбили µіскэтэр, µірэнэр кі5µн µрдэтэр сыалтан   уруоктарга  µірэтии саІа технологияларын киэІник туттуу.

          О5о  аа5арын, санаатын  сатаан тылынан сааґылаан этэрин-суруйарын   ситиґии, сиэр-майгы өттүнэн үрдүк култууралаах буоларын  иитии, о5о айар дьо5урун уhугуннарыы - барыта тіріібµт тыл учуутала  µлэтигэр эппиэтинэстээх сыґыаныттан, сатабылыттан  тутулуктаах.  

        Саха тылын уонна литературатын учуутала буолан туран, бу икки предметтэри µірэтии туругун  тэІнээн кірµіхпµн ба5арабын. Тыл уруогар грамматика быраабылатын эрэ µірэтиинэн мунурданнахха, о5о  уруогу   ыарыр5атар, предметтэн  тэйэр. Ордук лексика5а   уонна кэпсэтии уруоктарыгар бол5омтону ууруу  кэм ирдэбилэ буолла  дииргэ табыгастаах.  Онон, тылга сыґыаны, оскуола5а µірэтиини университекка µірэппит учууталым Петр Саввич Афанасьев  таба да кірін  бэлиэтээбит дии саныыбын.

        Тыл уонна литература уруоктарыттан таллардахха, билинни о5о µксэ литератураны талыа этэ. То5о диэтэххэ,  литература уруоктара – дууґа, иэйии уруоктара. Учуутал – киґи, бэйэтэ тус санаалаах аа5ааччы, ол иґин кини сібµлµµр-сібулээбэт суруйааччылаах, айымньылаах буолар. Бу уустук тµгэни умнан туран,   хас биирдии айымньы ис номо5ун тиэрдэр сыалтан уруогун урдук таґымна ыытыахтаах, о5о  иэйиитин уґугуннарыахтаах. Учуутал литература уруоктарыгар кірсір ыарахаттара - µгµс  о5о аахпат (ордук улахан кээмэйдээх айымньылары) уонна тыл суолтатын ійдіібіт буолуута.

     Онон учуутал  улэтин бастакы соруга - уруок көдьүүhүн, хаачыстыбатын тупсарыы.  Кэрэхсэбили µіскэтэр сыалтан табыгастаах µірэх технологияларын µлэтигэр туґанар. Аныгы технологиялары сіпкі туґаннахха,   µірэх  кідьµµґэ улаатар, о5о уонна учуутал сайдарыгар, µµнэригэр кыах бэриллэр.   Биир оннук кідьµµстээх технологиянан бырайыактааґын технологията буолар дии саныыбын. Бастакынан, бу технология5а  проблеманы быґаарар, таба суолу кірдµµр,  чинчийэр, ырытар, айар ньыма барыта тµмµллэр. Ґірэнээччи  учуутал биэрэр бэлэм билиитин  ылбакка, билиини бэйэтэ µлэлээн  булунар. Сыралаґан булбут билиитин олоххо туґана µірэнэр. Иккиьинэн, учуутал соруда5ы  о5о тус уратытын, кыа5ын  учуоттаан биэрэр. Холобур, µірэ5эр ыарыр5атар о5о киниэхэ туґаайыллан  бэриллибит соруда5ы µчµгэйдик толорон санаата кіті5µллэр, бэйэтин кыа5ар эрэлэ кµµґµрэр. Ґсµґµнэн, бырайыактааґын  о5о5о кэрэхсэбили µіскэтэртэн  са5аланар. О5о  сонур5аабакка эрэ матырыйаалы интэриэhиргээбэт, оччо5о айымньылаахтык үлэлээбэт. БырайыактааґыІІа  о5о тус бэйэтин уратытыгар, дьо5уругар оло5уран үөрэнэр буолан, учуутал билиигэ кі5улуур оруола улахан. 

    Хас биирдии µірэнээччи, кылаас уратылаах буоларын  µлэлээбит сылларбар биллим. Ким эрэ саІаны олус тургэнник ылынар, ардыгар урукку µірэнээччилэрим сэІээрбиттэрин атыттар ылымматтар. Учуутал аІардас биир ньыманы тутан баран сылдьыбат, олох сайдыытын кытта тэІІэ сайдыахтаах.  Ол иьин элбэхтэн бастыІын, табыгастаа5ын туґанан µлэлиир. Мин бырайыактааґын технологиятын  аан бастаан 2002 -2003 сыллаахха  литература уруоктарыгар туґанан  кірбутум. Билигин да5аны ол кэмнээ5и уон бииристэрим биир білі5і  Николай Якутскай  «Тілкі» романын  сµрµн геройун Маайаны  бэйэтин бырайыагар сибэккигэ, оттон Сµідэри  тойон ыІырыа5а холообутун ійдµµбµн. О5олор тойон ыІырыа  сибэккиттэн мµіт ылан кµµс эбинэрин кэриэтэ,  Сµідэр Маайаттан   кэрэтин, µтµітун  ылан санаата кµµґµрэн иґэр   диэн бэлиэтээбиттэрэ.

      Суорун Омоллоон «Аанчык» кэпсээнин  аа5ан, ырытан  баран  15 саастаах  µірэнээччим  «Мыычаар ийэтэ,  Аанчык  дьолугар ымсыыран, кинини уолугар кырбаттарар. То5о диэтэххэ, кини бэйэтэ таптаабакка эрэ кэргэн тахсыбыт, онон дьоло суох»    диэн  тумук оІорбута.  «Чµічээскини» аа5ан баран, а5ата суох µірэнээччим «мин а5абын µІсµім суо5а этэ. А5ата суох о5о  туох баар дьиэтин µлэтин бэйэтэ улэлиир» диэн  санаатын  эппитэ. О5олорум тµмµктэриттэн, ардыгар кинилэр улахан дьонноо±ор атыннык, олохтоохтук толкуйдуулларыттан сі5і санаабытым.   Учуутал буолан туран, µірэнээччилэрим «атын харахтарынан» айымньыны аахпыттарыттан бэйэбэр саІа арыйыыны онорбутум.    Саха  киґитэ   бэйэтин ис санаатын ситэ эппэт, ол иґин  соро5ор тус оло5ор мэґэйи кірсір. Ол иґин  мин µірэнээччилэрим толкуйдаан-тобулан ис санааларын тастарыгар таґааран этэллэригэр    бырайыактааґын  ньымата   туґалыыр дии саныыбын.

    Учуутал улэтин  суоруллубат сокуонунан сиэрдээх, сатабыллаах  киґини иитии буолар. О5о улаатан баран оскуола5а ылбыт билиитин  оло5ор туґанар  буолла5ына, учуутал улэтин дьиІ тµмµгэ  кістір. Онон, учуутал  µірэппит о5олорун  махталлара – кини  µлэтин  саамай улахан кµндµ на5араадата.


 

Hosted by uCoz