Обоснование выбора педагогической технологии.

                                               Бырайыактааґын  о±о   кыа±ын арыйар,  сатабылы иІэрэр   технология.

        Учуутал бэйэтин µірэтэр предметигэр кэрэхсэбили µіскэтэр сыалтан табыгастаах µірэх технологияларын улэтигэр туґанар. Биир оннук кідьµµстээх технологиянан бырайыактааґын технологията буолар. Бырайыактааґын технологиятын аан бастаан   XX уйэ са±аланыытыгар Америка±а  психолог, философ, педагог учуонай Джон Дьюи тіруттээбит. Россия±а  бу технологияны  1905 с. педагог Т.С. Щацкай киллэрбит. Ол эрээри 1931 с. Коммунистическай Партия Киин комитетынан  бу ньыма бобуллубут эбит. Билигин бырайыактааґын технологиятын сэргиир, сэІээрэр дьон элбээн иґэр.

       Бырайыактааьын технологията о±ону µірэтиигэ туох кідьµµстээ±ий?  

1. Бу технология5а  проблеманы быьаарар, таба суолу кердуур,  чинчийэр, ырытар, айар ньыма барыта тумуллэр. Уерэнээччи  учуутал биэрэр бэлэм билиитин  ылбакка, билиини бэйэтэ улэлээн  булунар. Сыралаґан булбут билиитин олоххо туґана µірэнэр.

2. Уруокка бэриллэр 45 мунуутэ±э хаайтарбакка улэлээґин. О5о бэриллибит тематын уруок таґынан булар, ырытар, чинчийэр.

3. «Улуу дидактика» бириинсиптэригэр оло5уран, о5о сааьын учуоттаан судургуттан  уустукка сыыйа киирии. Холобур улэ маннык  бэрээдэктээхтик барыан сіп : холобурдары булуу- иллюстрация оноруу – тэттик ійтін суруйуу - иґитиннэрии – дакылаат- реферат-бырайыак.

4. О±о сыралаґан  булбут µлэтин тµмµгµн бэйэтэ кірір.

5. Учуутал соруда±ы  о±о тус уратытын, кыа±ын  учуоттаан биэрэр. Холобур, µірэ5эр ыарыр±атар о±о киниэхэ туьаайыллан  бэриллибит соруда±ы µчµгэйдик толорон санаата кіті±µллэр, бэйэтин кыа±ар эрэлэ кµµґµрэр.

6. Айар бырайыак  о±о айар кыа±ын, дьо±урун сайыннарар.    

Бырайыактааґын-уруок  о±о±о кэрэхсэбили µіскэтэртэн  са±аланар. О±о  сонур±аабакка эрэ матырыйаалы интэриэhиргээбэт, оччо±о айымньылаахтык үлэлээбэт. БырайыактааьыІІа  о±о тус бэйэтин уратытыгар, дьо±уругар оло±уран үөрэнэр буолан, учуутал билиигэ кі±улуур оруола улахан.  Кө±үлүүргэ  сонур±ааhын тирэх буолар. Сонур±ааьын - билиини, сатабылы  ылыныыга  бастакы хардыы. Холобур, Суорун Омоллоон «Харана±а тыкпыт сырдык » кэпсээнигэр  киириигэ маннык  ыйытыылары биэриэххэ сөп: «ХараІа диэн тугуй? Сырдык диэн тугуй? Эн олоххо баар кістµµлэри «сырдык», «хараІа» диэн ійдібµллэргэ хайдах араарыан этэй?». О±о  араас санааны этэр: киґи туругун, иэйиитин, олох-дьаьах µтµі-мікµ ірµттэрин о.д.а. Маннык кэпсэтии кэнниттэн о±о ійдµµн- санаалыын уруокка бэлэмнэнэр. Айымньыны аа±арга, ырытарга бэлэм буолар. Литератураны µірэтиигэ о±о±о µгµстµк «то±о?», «туохтан?» диэн ыйытыы турар. Бу ыйытыыга эппиэти кірдµµргэ, буларга бырайыактааґын  ньыматын  кіміті улахан.    

Бырайыактааґын технологията куолаан µірэтии (КСО) технологиятын кытта алтыґар ірµттэрэ элбэх, ол иґин бэйэ-бэйэлэрин ситэрсэн биэриэхтэрин соп. Ол курдук, о±о со±ото±ун, паара±а, бөлөххө үлэлиэн сіп, ылбыт билиитин иґитиннэр, санаатын атастаґар. Улэ кэмигэр санаатын сайа этэ, атастаґа µірэнэр, дьону кытта алтыґар. Онон тыл µіруйэхтэрин ійµгэр-санаатыгар, этигэр-хааныгар иІэринэр. 

           

                Бырайыактааґын технологиятын   кірµІнэрэ:
 

  1. Тэттик бырайыактар (20 мунуутэттэн – биир уруок устата). Бу бырайыак ордук хатылааґынна табыгастаах. Тэттик бырайыактары тыл да, литература да уруоктарыгар хото киллэриэххэ сіп.  Холобур,  сана чаастарын  тµмµктµµр уруокка білі±µнэн арааран сорудахтары биэриэххэ сеп. Бэриллибит тыллартан, этиилэртэн, тиэкистэн холобур булан біліхтіін, сана чаастар уратыларын дакаастыыллар.
  2. Кылгас кэмнээх бырайыактар (3 уруоктан -6 диэри). Бу керун литература уруоктарыгар табыгастаах. Сана теманы баралларыгар о5о5о бырайыагын соруктарын туруора5ын. Оччо5о бырайыактааьын сыалын-соругун билэр буолан, бэйэтин улэтин былааннанарыгар учугэй.
  3. Орто кэмнээх бырайыактар (биир-икки ый).
  4. Уґун кэмнээх бырайыактар (биир сыл устата оІоґуллар). Бу бырайыактааьын тµмµгэ – чинчийэр, айар µлэлэр.

Орто кэмнээх уонна уьун кэмнээх бырайыактааьынна о5о бэйэтин былаанын олоххо киллэрэр. Ол тумугунэн кини айан таьаарбыт улэтинэн  дакылаат, реферат, презентация, хаьыат, киинэ о.д.а.  буолаллар.

Бырайыактааґын    хаамыыта

 Бырайыактааґын маннык былаанынан барар: толкуйдааґын  -----    олоххо киллэрии  ------  рефлексия

    Ґлэ хаамыыта

 Ис хоьооно

 Ґірэнээччилэр        µлэлэрэ

   Учуутал µлэтэ

                           1. Бэлэмнэнии

 

                        

1)    Тема,

Сыал  туруоруу

Учууталы кытта теманы ырытыы, эбии информацияны ылыы. Сыал туруоруу

Бырайыактааґын ис хоґоонун билиґиннэрии, тема±а кі±µлээґин. Сыал туруорарга кіміліьуу. Ґлэ хаамыытын кэтээн кіруу

                     2. Былааннааґын

1)Информация хомуллар матырыйаалларын чопчулааґын 

Соруктары туруоруу.

Былаан оІоруу.

Бэйэ идеятын этии.

Ґлэ хаамыытын кэтээн кіруу.

     

2)   Информация хомуллар ньымаларын быьаарыы

3)   Улэ тумугун кердерер ньыматын быьаарыы

4)   Біліххі эбээьинэьи уллэрии

 Ситиьии кирбиитин хайдах ылары тобулуу

Кэтээн кірір.

 Этии киллэрии.

Улэ хаамыытын кэтээн кіруу.

                            3. Чинчийии

1) Матырыйаалы хомуйуу, чопчулааьын

2) Улэ кэмигэр уескээбит атын санааны ырытыы.

3)Сіптііх барыйааны талыы

4)Туруоруллубут соруктары бэрээдэгинэн толоруу 

Туруоруллубут соруктары бэрээдэгинэн толоруу 

 

Кэтээн кіруу.

 Субэлээьин, улэни салайсан биэрии.

                              4. Тумук

 

1)   Матырыйаалы ырытыы

2)    Тумук  оностуу

Матырыйаалы ырытан  бырайыак оноруу.

Кэтээн кіруу. Уерэнээччилэр кірдіьуулэринэн кіміліьуу

         5.Бырайыагы             кімускээьин, сыаналааьын.

1) Бырайыагы кімускээьин. (тылынан, кірдірін, суругунан.)

2)Улэ хаамыытын ырытыы. (табыллыбыт-табыллыбатах іруттэрэ).  

 Бырайыагы кімускээьин, куолаан ырытыы, сыанабыл биэрии.

 Истии, ыйытыы. Ырытыы кэмигэр улэни салайсыы. Улэ туолуутун хаачыстыбатын, саналыы кіруутун сыаналааьын.

 

 

 

 

 

 

 

 

 

 

 

 

 

 

 

 

 

 

 

 

 

                                              Технологияны туьаныы туьумэхтэрэ (этаптара)
1.    Бэлэмнэнии  туьумэ5э   

  Анал литератураны хасыьан аа5ыы. Уірэтэр кылааьым уерэнээччилэрин уратыларын, дьо5урдарын уірэтии. Ыытыллар улэ былаанын   сыал – сорук туруоран   оностуу.

Бырайыактааьын технологиятыгар бастакы холонуум 2002  сылтан са5аламмыта. 2003с. П.П. Кондратьев «Сатабыл» республиканскай куурсун  истээччилэригэр литература5а бырайыактааьынна оло5уран 11 кылааска  аьа5ас уруок ыыппытым.  

2. Олоххо киллэрии этаба 

 Уруокка туьанарга матырыйааллары мунньуу. ИКТ кімітунэн кірдірін-уірэтэр матырыйааллары, методическай ыйынньыктары оноруу. Хас биирдии уруок о5о5о ситимнээх сана, сурук уіруйэхтэригэр уьуйар диэн санаанан улэни былааннаан туруоруу. 

Билигин бу этапка улэлии сылдьабын. Улэлээбит сылларым тухары хас биирдии уірэнээччи, кылаас уратылаах буолар. Онон  хас биирдии уірэнээччи уратытын, ійдуур дьо5ура (память), толкуйдуур дьо5ура сайдыытын кэтээн кіруугэ  бол5омто ууруллуохтаах. Ким эрэ саІаны олус тургэнник ылынар, ким эрэ сэІээрбитин  атыттар ылымматтар. Ол иьин сыллата учуутал саІаны, уратыны булуохтаах, о5ону кытта тэннэ уларыйыахтаах.  

 3.   Тумэр  туьумэх (обобщающий этап)

  Бу этапка сурун оруолу улэ тіьі туолбутун ырытыы, тµмµµ буолар. «Туох туолла? Туох туолбата? То5о?» диэн ыйытыыларга хоруйдаан сурукка тиґэн кірдірµµ.

4.
  Уопуту  тар5атыы этаба

Суруллубут улэ экспертизаны ааґыыта. Кінµл ылла5ына, уопут тар5аныахтааах.      

 Тумук:    Мин санаабар, µксµгэр хас биирдии бырайыак  түмүгэ-айар үлэ. О5о айар дьо5урун кірдірін онорбут  бырайыагын сыаналыырга ыарахан буолар.  Ол иґин бырайыактааґын технологиятыгар сыаналааґынна учуутал сүрүн бол5омтотун   о5о ис кыа5ын туґанан  төhө дьаныардаахтык үлэлээбитигэр уурар.  Бу тµмµгэр о5о санаата кэлэн,  үлэлиир  кө5ө үрдээн, тыл уонна литература уруоктарыгар иІэриммит  сатабылын, µіруйэ5ин олоххо туґанар.  Бырайыактааґын технологиятын  уруокка эрэ буолбакка, элективнэй кууруска,  куруґуокка туґаныахха сіп. Ол курдук мин кылаас таґынан µлэбэр бу технологияны эмиэ туґанабын. Эдэр корреспонденнар  «Кыымчаан»  куруґуоктарын, µірэнээччилэр чинчийэр µлэлэрин салайарбар бу технологияны туттабын. 

Ґірэх хаачыстыбатын тµмµгэ (билиІІи 9 кылаас µірэнээччилэрин холобуругар)

 

Hosted by uCoz